Хаҥаластар ааттара 1632 сыллаахха хаһаактар кэлбиттэриттэн сурукка ахтыллар. 1860 сыллаахха Хаҥалас улууһа икки улууска арахсыбыта: Арҕаа Хаҥалас уонна Илин Хаҥалас. Билиҥҥи кыраныыссатынан 1930 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр үөскээбитэ, аата 1937 сыллаахха диэри Арҕаа Хаҥалас этэ, онтон манна көскө олорбут Серго Орджоникидзе аатын ылбыта. Урукку аата 1992 сыллаахха төннүбүтэ.

«Чолбон» сурунаал 2003 с. таһаарыытыгар «Хаҥыл хаҥаластар» диэн Н. Е. Винокуров-Урсун ыстатыйатын билиһиннэрэбит.