1921-26 сыллардаахха саха уһулуччулаах учуонайа Гавриил Ксенофонтов Саха сирин кэрийэн үһүйээннэри хомуйан «Эллэйада» диэн кинигэ рукопиһын бэлэмнээбитэ.

Бу кинигэтигэр сүнньүнэн 1925 сыллаахха тохсунньуттан ыам ыйын бүтүөр диэри биэс ый тухары улахан айанын кэмигэр хомуйбут үһүйээннэрэ киирбиттэрэ.

Учуонай суола: Дьокуускай – Тойон Арыы – Арҕаа Хаҥалас уонна Орто Бүлүү түҥ тыаҕа сытар нэһилиэктэрэ – Бүлүү куората – Үөһээ Бүлүү – Марха – Ньурба – Сиэйэ – Сунтаар – Хадан (Хочо улууһа) – Быраҥаатта нэһилиэгэ – Чуона – Эрбогачен – Алын Тунгууска – Туруханскай – Красноярскай.

Кинигэни Наассыйа бибилэтиэкэтин ситим-сиригэр киирэн босхо ааҕыаххытын сөп: https://e.nlrs.ru/open/11696