«Хотугу сулус» сурунаал 1946 с. таһаарыытыгар Георгий Эргис «Саха сирин хотугу омуктарын фольклордара» диэн ыстатыйатын иккис чааһын билиһиннэрэбит.
«Хотугу сулус» сурунаал 1944 с. таһаарыытыгар Георгий Эргис «Саха сирин хотугу омуктарын фольклордара» диэн ыстатыйатын билиһиннэрэбит.
Приглашаем на ретро-выставку «Городская квартира» 16 сентября с 16:00 ч. Вход свободный.
На выставке будут представлены экспонаты советского периода.
Приглашаем на фотовыставку «Старый новый Покровск» 16 сентября с 16:00 ч. Вход свободный.
На выставке будут представлены старые и современные фотографии города Покровск, улиц, зданий.
Г. В. Ксенофонтов туһунан “Кыым” хаһыакка 2023 с. кулун тутар ыйыгар тахсыбыт Нина Герасимова «Эллэйаада» Иэйэхситтэрэ» диэн ыстатыйатын билиһиннэрэбит. Быйыл саха уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, фольклорист, этнограф-учуонай Гавриил Васильевич Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылынан киниэхэ анаммыт тэрээһиннэр салҕанан бара тураллар. Аҕыйах хонугунан Тиит Арыыга киниэхэ анаммыт сыл үөрүүлээхтик аһылларын бэлиэтиэхтэрэ. Биһиги Г. В. Ксенофонтов сиэн балта Рейнида Петрованы кытта кини дьонун, Г. В. Ксенофонтов кэргэттэрин туһунан кэпсэтэбит.
Г. В. Ксенофонтов туһунан “Кыым” хаһыакка 2023 с. олунньу ыйыгар тахсыбыт Нина Герасимова «Кэмэ кэлбит» диссертация» диэн ыстатыйатын билиһиннэрэбит.
Саха уһулуччулаах учуонайа, уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Гавриил Васильевич Ксенофонтов аата 90-с сылларга диэри киэҥ араҥаҕа соччо-бачча иһиллибэт этэ. Биһиги Г. В. Ксенофонтов олоҕун, үлэтин бастакынан сыал-сорук гынан чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата, ХИФУ бэтэрээн-уһуйааччыта Альбина Николаевна Дьячковалыын кэпсэтэбит.
Хаартыскаҕа 1977 с. тахсыбыт кинигэ ис хоһооно.
1926 сыллаахха учуонай хомуйбут матырыйаалын илдьэ Ленинградка барбыта. Биллиилээх сэбиэскэй учуонай И.И. Майнов кини хомуйбут сүдү үлэтин көрөн баран Бүлүү сахаларын үһүйээннэрэ аан бастаан маннык киэҥник хомуллубуттарын бэлиэтээбитэ, Дьокуускай уокуругун сахалара хайыы-үйэ умнубут түгэннэрин бүлүү сахалара илдьэ сылдьаллар эбит диэн сыаналаабыта.
Рукопись улахан болҕомтону тардыбыта эрээри, учуонай бииргэ төрөөбүт быраата Павел Ксенофонтов бэлиитикэҕэ дьайыыларыттан сылтаан, уонна Гавриил Васильевич кинигэтигэр оҥорбут түмүктэрин кытта сөбүлэһии суох буолан, үлэтэ тыыннааҕар бэчээттэммэтэҕэ.
Учуонай доҕотторугар суругар «сахалар мин үлэбин өлбүтүм кэннэ биирдэ таһаарар буоллулар быһыылаах, өлбүтү тыыннаахтааҕар ордук аахсаллар» диэбитин «Автономная Якутия» хаһыат өссө 1930 сыллаахха бэчээттээбит эбит.
Рукопись өр кэмҥэ сүппүтүнэн ааҕылла сылдьыбыта. Хата, ону 1975 сыллаахха П.Е. Ефремов диэн саха учуонайа Москубаҕа ГАИЗ архыыбыттан булан ылбыта.
1921-26 сыллардаахха саха уһулуччулаах учуонайа Гавриил Ксенофонтов Саха сирин кэрийэн үһүйээннэри хомуйан «Эллэйада» диэн кинигэ рукопиһын бэлэмнээбитэ.
Бу кинигэтигэр сүнньүнэн 1925 сыллаахха тохсунньуттан ыам ыйын бүтүөр диэри биэс ый тухары улахан айанын кэмигэр хомуйбут үһүйээннэрэ киирбиттэрэ.
Учуонай суола: Дьокуускай – Тойон Арыы – Арҕаа Хаҥалас уонна Орто Бүлүү түҥ тыаҕа сытар нэһилиэктэрэ – Бүлүү куората – Үөһээ Бүлүү – Марха – Ньурба – Сиэйэ – Сунтаар – Хадан (Хочо улууһа) – Быраҥаатта нэһилиэгэ – Чуона – Эрбогачен – Алын Тунгууска – Туруханскай – Красноярскай.
Кинигэни Наассыйа бибилэтиэкэтин ситим-сиригэр киирэн босхо ааҕыаххытын сөп: https://e.nlrs.ru/open/11696
Бүгүн Г. В. Ксенофонтов өлбүтэ 85 сыла.
1938 с. атырдьах ыйын 28 к. ССРС Үрдүкү Суута үспүйүөннээһин иһин буруйдаан ытарга уураахтаабыта уонна ити күн ытыллыбыта. Көмүллүбүт сирэ — «Коммунарка» диэн НКВД полигона. 1957 с. атырдьах ыйын 22 к. ССРС Үрдүкү Суутунан сырдык аата тиллибитэ.
Г. В. Ксенофонтов туһунан “Кыым” хаһыакка 2023 с. тохсунньу ыйыгар тахсыбыт Нина Герасимова «Кэми уҥуордаан» диэн ыстатыйатын билиһиннэрэбит.
Кини өбүгэлэрбит ааспыт суолларын киһи аймах устуоруйатыгар сыһыары тутан чинчийбитэ. Идиэйэтэ билигин да дириҥ суолталаах, оттон олоҕун хас биирдии кэрчигэ болҕомтону тардар ураты чаҕылхай. Саха уһулуччулаах учуонайа, уопсастыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Гавриил Васильевич Ксенофонтов төрөөбүтэ 135 сылынан Национальнай бибилэтиэкэҕэ төгүрүк остуол буолан ааста. Бу ураты киһи туһунан бииртэн биир сонун этиилэртэн, дакылааттартан сорҕотун эрэ тиэрдэбит.