Ат Дабаан. Ой Мураан
- 08/12/2023
- 178
- нет
«Чолбон» сурунаал 2008 с. таһаарыытыгар «Ат Дабаан. Ой Мураан» диэн Н. Т. Степанов ыстатыйатын билиһиннэрэбит.
«1945-1949 сыллаахха Хаҥаласка Дьэкэмдэ дэриэбинэтигэр Ньурбаттан төрүттээх Николай Тарасович Степанов диэн киһи учууталлыы сылдьыбыта. Кини үөрэппит оҕолоро үгүстэрэ кэлин республикаҕа биллэр улахан үлэһит буолбуттара.
Билигин Ньурбаҕа Николай Тарасович Степанов аатынан Чаппандатааҕы фольклорнай, литературнай музей баар. Биллиилээх фольклорист, краевед Хаҥалас улууһун историятын улаханнык үөрэппит эбит. Ол курдук Чына киһитэ Хаххаа Ойуун (С. В. Андреев) туһунан суруйуутун үгүс учуонайдар билиҥҥэ диэри сэҥээрэллэр.
Бу Николай Тарасович илиитинэн суруйбута ханна да бэчээттэммэккэ сытарын булан дьоҥҥо таһаардахха сатаныыһы диэн санааҕа кэллим. Хаҥалас сахалара уонна дьаамсыктар удьуордара бэйэлэрин өбүгэлэрэ хайдах олорбуттарын тустарынан ааҕан сэргэхсийиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Николай Калитин,
суруйааччы, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ»